Кулун тутар 16 күнэ – саха омук үөрэхтэниитигэр сүдү кылааттаах, саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, төрөөбүт тылын, норуот историятын уонна култууратын чинчийээччи, норуот фольклорун утумнаах хомуйааччыта, бөлүһүөк.
Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕор сүгүрүйүү күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев уурааҕынан 2023-2027 с.с. Республика үрдүнэн Кулаковскай сылларынан биллэриллибитэ. Бу күн Республика үрдүнэн ыытыллар «Өксөкүлээх сардаҥата» акцияҕа 9 кылаастар кыттыстылар. Акция төрөөбүт тыл уруогар ааста. Бу уруокка «Оттоку олук алгыһа» хоһоону кытта билистилэр. “Оттоку олук алгыһа” хоһоон ыччат киһиэхэ анаммытынан, сүбэ-соргу быһыытынан улахан суолталаах. Айымньы сүрүн этэр санаата, билиҥҥи үйэ ирдэбилигэр, ала чуо сөп түбэһэр. Ааптары кытта үөрэнээччилэр аныгы киһи бастыҥ холобурун таһаардылар. Кини хайдаҕый? Аан дойду таһымыгар, ирдэбилигэр, өй-санаа, үөрэх-билии, ис турук өттүнэн барытынан эппиэттиир, тэҥҥэ турар саха ньургуна буолуохтаах диэн түмүккэ кэллилэр.