Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.

13 февраля – День родногоязыка и письменности вРеспублике Саха (Якутия)
12.02.2024
Соревнования по национальным видам спорта «Арктика Уолана-2024»
19.02.2024

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсүү Арктикатааҕы оскуолаҕа кылаас чаастарыттан саҕаланна. Кылаас чааһыгар  “Новгородов уруоктара” ыытылыннылар.

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр.

Сынньалаҥ кэмигэр үөрэнээччилэр тахсан аатырбыт «Оһуор үҥкүүтүн» толордулар.

7 кылаастарга олунньу 13 күнүгэр аналлаах уруок ааста. Уруокка төрөөбүт тылы билии, тылы туттуу араҥаларын кэпсэттилэр.  Оҕолору саха маанылаах аһынан алаадьынан күндүлээтилэр, бэйэлэрэ күөрчэх ытыйарга холоннулар.

«Олунньу 13 күнэ – Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ»  диэн ааттаах квиз оонньуу ааста. Бу оонньууга  5  хамаанда кытынна.  Кыайыылааҕынан 11 Б кылаас хамаандата, иккис миэстэ 11 В, үһүс – 8 В кылаас таҕыста.

Бу күн кампус иитииллээччилэрэ АГАТУ агротехнологическай факультетын профессора Константин Максимовис Степанов «Төрүт ас» мастер кылааһыгар сырыттылар, ас састаабын кэпсээтилэр, идэлэри билсиһиннэрдилэр.  Оҕолорго сахалыы бургер оҥоттордулар, дойубутугар үүнэр оттон-отонтон утах, чэй амсаттылар.

Ону таһынан Арктическай оскуола улэһитэригэр анаан  саха тылын төһө билэллэригэр тургутуу-олимпиада ыытылынна. Олимпиада түмүгэ:

1 миэстэ– Петрова Нарыйаана Михайловна

2 миэстэ Иванов Сергей Гаврильевич

3 миэстэ)- Маленова Любовь Прокопьевна

Кыайыылаахтарга кампус иитээччилэрэ оҕолору кытта оҥорбут харысхалларын бэлэх ууннулар.